https://bertusclub.ru/wp-admin/options-general.php?highlight=confirm_admin_email

https://bertusclub.ru/wp-admin/options-general.php?highlight=confirm_admin_email

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "БЕРТ-УСОВСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "АЙЫЛГЫ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БЕРТ-УСОВСКИЙ НАСЛЕГ"

Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «Айылгы» СК бүгүн алтынньы 2️⃣9️⃣ күнүгэр, » СЭБИЭСКЭЙ КЭМИ ЭРГИТЭН»🚩🚩🚩 Комсомол 1️⃣0️⃣5️⃣ сылыгар аналлаах тэрээһин! 🔸 » Умнуллубат кэмнэрбит» быыстапка5а🥁🎺🚩 Кыттыыны ыллылар Мэҥэ-Хаҥалас Төҥүлү уонна Тумул нэһилиэгин коллекционердара.👍 🔸 «Эн Комсомол — мин дьолум» эдэр саас , Комсомол кэмнэрин ахтыһыыга «Молодой гвардеецтар» Семен Иннокентьевич Гоголев, Альбина Львовна Неустроева, «Оскуола — производство — үрдүк үөрэх » ыҥырыынан ыанньыксытынан үлэлээбит, комсомол кэккэтин бастыҥнарыгар сылдьыбыт Ульяна Тимофеевна Бурцева кыттыыны ыллылар. 🔸Комсомол кэминээ5и ырыа-тойук,ретро-муода, баян музыкатынан үҥкүү — битии💃🕺🏻 урукку кэми санатар аттракцион, танцы кэмигэр оонньонор араас көрдөөх оонньуулар оонньоннулар. Кэлбит дьон ордук астына ыалдьыттарбыт быыстапкаларын сө5ө көрдүлэр, «Айылгы» СК үлэһиттэрэ бэлэмнээбит Сэбиэскэй кэминээ5и фотозонатыгар астына фотосессиялаатылар. Эдэр сааһы эргитэн сэргэхсийэн, астынан тар5астылар.👍🏻🙌🏻👏🏻 А. П. Иванов аатынан «Айылгы » СК

Добавить комментарий