Бүгүн бэс ыйын 9 күнүгэр, Аар саарга аатырбыт олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров — Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылыгар анаан Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, олоҥхону толорооччу Бурцев Афанасий Петрович — Бөскөй Бөҕө » Оҕустаах Охонооһой Олоҥхолоох айана» бырайыагынан,улуус 4 бөһүөлэктэрин кэрийэн, бэс ыйын 8 күнүгэр сарсыарда 8:00 чаастан Саьылыкаантан араҕан, олоҥхоһут- олоҥхоһут курдук, суола да остуоруйаалаах буолан биэрдэ! Суол-иис бараата атын сиринэн хайыһыннаран, Арыылаах сайылыгар түһэн хаалан, киэһээ 18:00 чаас ааьыыта Бэрт-Ууһун нэһилиэгин Сыырдаах бөһүөлэгэр үктэммитэ. Сааһырбыт киһи сылайан-элэйэн, бэйэтин аймахтарыгар, Сыырдаах олохтоохторо — Иван Ильич, Варвара Семеновна Черноградскайдарга хонук сирин булан, сынньанан,ута5ын ханнаран, тото-хана аьаан, хонон баран, бугун сарсыарда 10 чааска Уолчаанынаан бэрт сэргэх дьон үөрэ-көтө кэлэн, нэьилиэк бээһээттэн кэтэспит, саамай бэриниилээхтик күүппүт дьонун кытта бала5анна көрүстэ. Олоҥхоһут Охонооһу олохтоохтор көрсөн арыылаах алаадьынан, кырылыы кыынньыбыт кымыһынан айах туттулар. Охоноос көлө до5орун Уолчаанын арыылаах алаадьынан махтанан аһатта. Дьэ, ол кэннэ, бала5ан иһигэр киирэн тигинэччи оттуллубут көмүлүөк иннигэр көрсүһүү үөрүүлээх чааһа буолла. Ыраахтан оҕуһунан кэлбит ыалдьыппыт маҥнай аал уотун айах тутан күндүлээтэ. «Айылгы» СК директора Л.Л.Бурцева тыл этэн эҕэрдэлээтэ,махтал сурук уонна сэмэй бэлэ5ин туттарда. «Ситим» үһүс саас оскуолатын салайааччыта Варвара Черноградская бэйэтэ кылынан оҥорбут эр киһи бастыҥатын бэлэх уунна. Улууска биир биллэр хомусчуппут, Хомус Гиннескэ киириитин кыттыылааҕа, үгүс араас конкурстар кыайыылаа5а — Егор Ширяев хомуска оонньоон дьүрүһүттэ! Кэлбит дьонтон үөрүү-махтал тыллара иһилиннилэр.Уолчаанна махтанан «Саадьаҕай о5ус» норуот ырыатын күргүөмүнэн толорон бэлиэтээтилэр. Көрсүһүүгэ Афанасий Петрович «Оҕустаах Охонооһой Олоҥхолоох айана» бырайыак уонна Саха көлүүр оҕуһун туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ уонна айанын сүрүн сыалын толорон «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны иһитиннэрдэ. Толору балтараа чааьы былаһын тухары аа5арын туһунан бэлиэтээн эттэ. Олоҥхону сэргии истэн о5о олоҥхоһут -Лөөнкөөр Ностуруойап бэйэтэ билэр Ульяна Бурнашева «Кустук өҥнөөх кулуунчук» олоҥхотуттан быьа тардан, кулуунчук о5олору быыһыыр түгэнин аа5ан иһитиннэрдэ. Ону истэн ОЛОНХОЬУТ ОХОНООЬОЙ олуһун үөрдэ! Кэскиллээх, кырачаан олоҥхоһукка алгыһын анаата. Тумуккэ, көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары үөрэ-көтө, саха маанылаах арыылаах алаадьытын, кымыс, быыппах утахтарын амсайдылар. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кэлбиттэр олоҥхо истэн, оҕолуун уруулуун оҕус миинэн, хаартыскаҕа түһэн астынан тарҕастылар. Олоҥхоһут Бурцев А.П. — Бөскөй Бөҕө, оҕуһунаан Уолчаанныын сал5ыы айаннарыгар : — «Аартыккыт аьа5ас буоллун! Айанныт алгыстаах буоллун! Суолгут доҕордоох буоллун!» диэн атааран, ал5ыы хааллылар. 🙌🏻🙌🏻🙌🏻 Тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар, о5олорбутугар махталбытын тиэрдэбит! «Айылгы»
play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play,