Убаастабыллаах
Бэрт Ууһун нэһилиэгин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үп министиэристибэтэ «Программа поддержки местных инициатив» диэн программата 2017 сылтан үлэлии турар.
Бу программа быһыытынан нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрин санааларын этэн, нэһилиэккэ ханнык объект тутулларын, туох үлэ ыытылларын быһаарар кыахтаахтар. Манна эһиил 2027 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бюджетыттан 2,1 мөлүйүөн көрүллэр буолла. Бу программа 3 сиртэн үбүлэнэр: өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан, нэһилиэнньэттэн уонна олохтоох дьаһалта кыттыһар.
Сарсын о.э. сэтинньи 12 күнүгэр киэһээ 19:00 чаастан А.П. Иванов аатынан норуот айымньытын киинигэр бука барыгытын нэһилиэк уопсай мунньаҕар ыҥырабыт!
Олохтоох дьаһалта


Для отправки комментария необходимо войти на сайт.