Ыам ыйын 25 күнүгэр, Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр ОҺУОХАЙ КҮНҮН көрсө «Дорообо сайын» тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук олохтоох бэйэни салайыныы солбуйар баһылыга В.В.Петров,кырдьа5астар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ М.М.Портнягин уонна саамай саастаах ыалдьыт А.Д.Портнягина э5эрдэлэриттэн саҕаланна. Итии чэйдээх сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэттилэр. Култуура үлэһиттэрэ сэргэх ырыалары ыллаатылар, көрдөөх оонньуулары оонньоотулар, «Икки сулус» конкурс ыыттылар. Нэһилиэкпит баай байанайдаах булчуттара анаан бэлэмнээбит кустарын, сибиэһэй соболорун ыраастаан киллэрэн, онно тута буһаран күндүлээтилэр. Аҕам саастаахтарбыт дуоһуйа кус, собо миинин итиилии амсайан астыннылар, булчуттарга бар5а баһаам махталларын тиэртилэр. Тото-хана аһаан баран,сыһыыга, хонууга тахсан, ыалдьыппыт тойуксут, олоҥхоһут Афанасий Бурцев — О5устаах Охонооһой таһаарыытынан оһуохайдаан сэгэлдьийдилэр, араас оонньуулары оонньоон сэргэхсийдилэр,эгэлгэ бириистэри тутан,дьиэлэригэр өттүк харалаах, илии тутуурдаах баралларыттан оҕолуу үөрдүлэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэн, тэрийээччилэргэ махтанан тар5астылар. Поделиться ссылкой:FacebookXПонравилось это:Нравится Загрузка... Похожее Опубликовано в Uncategorized 25 мая 2024 Комментариев нет » ← Ыам ыйын 29-30 күннэригэр Уус-Алдан улууһун Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастардара, Россия айар худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ, үбүлүөйдээх сааһын көрсөр Ольга Петровна Колодезникова — Айыллаана Иис,Иван Иннокентьевич Окоемов- Уран СэһэнРоссияҕа дьиэ-кэргэн сылынан, үрүҥ тунах ыһыахтары көрсө*«Уран мааны таҥаспыт»*халадаай уонна эр киһи сахалыы ырбаахытын, ыстаанын тигиигэ аһаҕасөрөспүбүлүкээнскэй блиц-конкурс ыытылла турар.Тэрийээччилэринэн- Уус-Алдан улууһун, Бэрт-Ууһун нэһилиэгэ- Александр Петрович Иванов аатынан норуот айымньытын киинэ. — Уус-Алдан улууһун культураҕа управленията. — “Олоҥхо дьиэтэ” этнокультурнай киин- “Мындыр” түмсүү буолаллар. Көрүү сыала-соруга: — Саха төрүт ииһин, таҥаһын тигээччилэри өйөөһүн, саҥа ааттары таһаарыы;- Саха таҥаһын пропагандалааһын.Тэрийээччилэр үлэлиир миэстэни бэлэмнииллэр, тигэр материалынан хааччыйаллар. Куоннкурус кыттыылаахтара 2 күн устата халадаайы уонна эр киһи сахалыы ырбаахытын тигэллэр. Тикпит таҥастара тэрийээччилэргэ хаалар. Дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары быһаарар, халадаай былааччыйа кыайыылааҕар Ольга Петровна – Айыллаана Иис, эр дьон таҥаһын түһүмэҕэр Иван Иннокентьевич – Уран Сэһэн анал бириистэрэ туттарыллыахтара.Кыайылаахтар куонкурус спонсордарын сыаналаах бириистэринэн на5араадаланыахтара. Куонкурус кыттыылаахтарыгар ситиһиилэри ба5арабыт! 🙌🏻🙌🏻🙌🏻 Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр «КИМ ДА УМНУЛЛУБАТ, ТУОХ ДА УМНУЛЛУБАТ!» Кыайыы өрөгөйдөөх 7️⃣9️⃣ сылын уруйдуур тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук ыам ыйын 8️⃣ күнүгэр🚩🚩🚩 киэһээ 8 чаастан Ленинград блокадатын 80 сылыгар аналлаах Иван Гоголев — Кындыл «КЭРЭ КӨМҮСКЭЛИГЭР» айымньытыгар уонна Уус-Алдан , Суотту нэһилиэгин олохтооҕо, блокаданы этинэн — хаанынан билбит Суотту нэһилиэгин олохтооҕо Роза Ивановна Татаринова ийэтэ Ксенья Васильевна Гаврильева ол кэмнэргэ суруммут дневнигар олоҕуран, Ленинградка артыыс үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан блокадаҕа түбэһэн эрэйи көрбүт, хоргуйууттан суорума суолламмыт эдэркээн студеннар тустарынан Суотту норуодунай театрын режиссера Варвара Захаровна Стрекаловская 2️⃣0️⃣0️⃣5️⃣ сыллаахха туруорбут испэктээкилин видеонан көҥүл көрдөрүү буолла 🎭🎭🎭🎭🎭🎭 Испэктээкил кэнниттэн — «ӨЙДҮҮБҮТ! СҮГҮРҮЙЭБИТ! МАХТАНАБЫТ!» А5а Дойду сэриитин толоонугар хаалбыт уонна биһиги кэккэбитигэр номнуо суох буолбут сэрии ветераннарыгар «СҮГҮРҮЙҮҮ ЧУМЭЧИТИН УОТУН УМАТЫЫ» буолла. 🚩🚩🚩 🚩🚩🚩🚩🚩🚩Ыам ыйын 9️⃣ күнүгэр сарсыарда 11 чаастан «Уруйдуубут улуу КЫАЙЫЫНЫ!» миитин тэрилиннэ. — Бэрт-Ууһун нэһилиэгин баһылыга И.П.Ильин эҕэрдэтэ. — Музыкальнай эҕэрдэлэр. — Сэрии сылын оҕолорун эҕэрдэлээһин. — СҮГҮРҮЙҮҮ МҮНҮҮТЭТЭ — Саха саллаатын пааматынньыгар өйдөбүнньүк ВЕНОК ууруута — Сэрии кэмин оҕолорун чиэстээһин буолла, ол кэннэ «АМАРАХ» кулуубунан ыалынан сылдьан, миитиҥҥэ кыайан кэлбэтэх сэрии кэмин оҕолорун эҕэрдэлээһин, үгэскэ кубулуйбут «Сухой паек» астаах подароктары туттарыы буолла. Миитиҥҥэ 7 сэрии кэмин оҕолоро ыалдьыттаатылар. → Отменить ответ Добавить комментарийОтменить ответ