Сэтинньи 11 күнүгэр,П.А.Ойуунускайга аналлаах декада иһинэн,нэһилиэктэн ыҥырыынан 7 киһилээх делегация Таатта улууһун Чөркөөхтөөҕер «Саха сиригэр политсыылка историята» уонна П.А.Ойуунускай аатынан государственность музейдарыгар сылдьан кэллибит. Музей сотруднига Марианна Егоровна Барахова эрдэттэн сүбэлэһэн,биһиги сырыыбытын үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр кытыннаран, сэргэхтик көрсөн илдьэ сырытта. Тэрээһин П.Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруунан саҕаланна. Пааматынньыкка Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччыта Святослав Васильевич Сунхалыров,Чөркөөх нэһилиэгин баьылыга Андрей Петрович Семенов, солбуйааччыта Александра Васильевна Вырдылина,музей сэбиэдиссэйэ Михаил Геннадиевич Аржаков,саха тылын,литературатын учуутала,П.Ойуунускай хаан айма5а Эмма Хрисамфовна Кашкина дириҥ ис хоһоонноох,уоттаах-төлөннөөх этиилэри эттилэр,ахтыылары оҥордулар. Салгыы П.Ойуунускай төрөөбүт,улааппыт балаҕаныгар сырыттыбыт.Таатта улууһун сиригэр-уотугар үгүс-элбэх үрэх төгүрүктүү суурдэр буолан, биир нэһилиэккэ хас эмэ муоста тутуллар эбит. Суруйааччы музей-уьаайбатыгар тиийэргэ үрэҕи туоруур киьи сө5ө керер муостатын уонна былыргы бала5аны Ил Тумэн депутата Виктор Николаевич Лебедев бэйэтин үбүнэн туттарбытын,реставрациялаппытын биһирии көрдүбүт. 2 музей экспонаттарын,сүрдээх баай историялаах Таатта улууһун биллэр дьонун-сэргэтин,былыргыттан билиҥҥи кэмцэ дылы оло5ун-дьаьа5ын экскурсоводтар Светлана Халгаева,Изабелла Жерготова киьи истэн бара туруох курдук умсугутуулаахтык кэпсээн сырдаттылар. Биир кэрэхсэбиллээ5инэн, Мирнэй куорат театра(режиссер 88 саастаах Георгий Нестер) «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоцхону нууччалыы тылынан моноспектакль туруоран кердербуттэрэ буолла.Олоҥхону нуучча кыыһа,театр артыыһа Анна Черданцева чааһы быһа ис-иһиттэн иэйэн-куойан,кыайа-хото тутан аахпытын, умсугуйан иьиттибит. Черкееххе сырыыбытын бары астынан кэллибит.Музей улэьиттэрэ аны сайын Халамнаайыны уутугар киирэн турда5ына,кэлэн керееруц диэн,ыцыра хааллылар. Поделиться ссылкой:FacebookXПонравилось это:Нравится Загрузка... Похожее Опубликовано в Uncategorized 12 ноября 2023 Комментариев нет » ← Следующая запись ⚜️⚜️⚜️ *»ҮС САХА ТӨРҮӨҔЭР МИН ЫРЫАМ ЫЛЛАНЫА…» Сэтинньи 6️⃣ күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр «Эйэ5эс эбээлэр» түмсүү салайааччыта А.Л.Неустроева, олохтоох библиотека заведующайа М.М.Иванова көҕүлээһиннэринэн «Айылгы» сынньалан киинигэр Саха советскай литературатын төрүттээччи, поэт, прозаик, драматург, учуонай-филолог, Саха Автономиятын төрүттэспит, биллиилээх, общественнай, политическай деятель ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ ОЙУУНУСКАЙ төрөөбүтэ 1️⃣3️⃣0️⃣ сылыгар аналлаах «Дьон норуот дьолугар, Дьол-соргу туһугар!» декада арыллыыта ыытылынна. Литературнай биэчэргэ Сыырдаах оскуолатын 4 кылааһын уерэнээччитэ Антон Неустроев «О5о куйуурдуу турара» айымньыттан уол монологун аа5ан, а5а саастаах дьон махталын,хай5алын ылла. О5о5о үөрэҕэр ситиһиилэри ба5ардылар. А.Л.Неустроева декада Сэтинньи 6 күнүттэн 16 күнүгэр диэри ыытыллар программатын торумун кэпсээтэ. П.А.Ойуунускай «Дорообо, Өрүүчэ», «До5орбор Сүөкүччэ5э», «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» хоьоонноро аа5ылыннылар. Тумуккэ П.А.Ойуунускай кэриэстээн «Былааһы советка» ырыатын бука бары сүһүөххэ туран күргүөмүнэн ыллаатылар. → Отменить ответ Добавить комментарийОтменить ответ