Бээһээ, Алтынньы 1️⃣8️⃣ күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр Ийэ күнүн чэрчитинэн «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр о5уруонан иискэ уонна илиинэн оҥоһуктарга маастар кылаастар ыытылыннылар👍🏻👏🏻Маастар кылааһы ыыттылар; «Ситим» үһүс саас оскуолатын салайааччыта В.С. Черноградская о5уруоттан, бисертан оҥоһуктары, А.Л.Неустроева салайааччылаах «Эйэ5эс эбээлэр» түмсүүттэн Е.Г. Ширяева о5уруоттан,бисертэн араас кэрэ аҥар сөбүлээн кэтэр киэргэллэрин, А. И. Васильева фоамиранынан паннолары оҥорууга, З.Р. Гоголева бисертэн синньигэс борубулуоха5а тиһэн араас киһи хара5а сөбүлүү көрөр, дьиэ киэргэллэрин оҥорууга, И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын үлэһитэ З.Н. Копырина «илии анныгар баар матырыйаалтан» олус кэрэ көстүүлээх ыа5айалары, маллаах иһиттэри хайдах хотуобайтан итэҕэһэ суох гына оҥорууну көрдөрөн сөхтөрдө. Олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ М.М.Иванова үтүлүк, сахалыы бэргэһэ ньэмиэттэрдээх сурунаалын аҕалан ньэмиэттэри үллэһиннэ! 👍🏻👏🏻Бу күн В.Н.Шопина салайааччылаах «Живи здорово» куруһуок, ба5алаах дьонун мунньан, ЦИГУН хамсаныыларынан сэрээккэлэрин са5алаатылар. Онон, ким ба5алаа5ы хас сэрэдэ аайы , күнүс 14:00м дьарыкка ыҥырабыт!🧎🏾♀️🧎🏻♂️ 👍🏻👏🏻Кэрэ аҥардар аналлаах күннэрин бэлиэтээн бииргэ түмсэн , илиинэн оҥоһуктарга сатабылларын үллэстэн, уопут, санаа атастаһан, кэпсэтэн-ипсэтэн, сэргэхсийэн, үөрэн- көтөн, астынан тар5астылар.👍🏻👏🏻💯Күндү дьоммут куруук бүгүҥҥүгүт курдук үөрэ-көтө сылдьыҥ, куруутун чел доруобуйаны, дьиэ-кэргэҥҥитигэр дьолу, этэҥҥэ буолууну , үлэ5итигэр үрдүк ситиһиилэри ба5арабыт! 🙌🏻🙌🏻🙌🏻»АЙЫЛГЫ» СК коллектива. 2023сыл. play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play, Поделиться ссылкой:FacebookXПонравилось это:Нравится Загрузка... Похожее Опубликовано в Uncategorized 18 октября 2023 Комментариев нет » ← Бүгүн, алтынньы 2️⃣0️⃣ күнүгэр, Сыырдаах бөһүөлэгин Кэрэ аҥардарыгар аналлаах Ийэлэр күннэрин чэрчитинэн » БАРЫ БИИРГЭ КӨХТӨӨХТҮК, БАРЫ БИИРГЭ СЭРГЭХТИК» девизтээх хамаанданан күрэх олус тыҥааһыннаахтык, көрдөөхтүк ааста. Күрэхтэһии арыллыытын муз.нүөмэрдэр киэргэттилэр. Уопсайа 4 хамаанда кыттыыны ылла , ол курдук l -кы миэстэни «Мичээр» хамаанда — А.Л.Неустроева, З.Р.Гоголева, Г.Д.Портнягина , ll-с миэстэни «Администрация» хамаандата — М.С.Мордовская, В.А.Бурцева, В.М.Иванова, lll-с миэстэни «Снежинка» хамаанда- Н.К.Слепцова, И.Г.Ширяева, Л.Н.Колодезникова, lV-с миэстэни «Дьүөгэлиилэр» — С.В.Бурцева, Е.Н.Иванова, А.П. Колодезникова хамаандалара ылары ситистилэр. Күрэх 5 түһүмэхтээх буолла: 1) Викторинаны ыытта олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ М.М.Иванова. 2) Таабырын түһүмэҕин — уус-уран салайааччы А.Н.Неустроева. 3) «Лабиринт» көрдөөх оонньууну — тех.үлэһит В.А.Бурцев, ветеран үлэһиппит А.А.Портнягина. 4) «Сахалыы терминнэр» түһүмэҕи — оформитель А.Н.Тарская. 5) «Матыыбы таай» түһүмэҕи муз.оператор И.И.Барабанскай ыыттылар. Бука бары кыттыыны ылбыт Кэрэ аҥардарбытыгар өссө төгүл махтанан туран, бырааьынньыктаргытынан итиитик — истинник эҕэрдэлиибит, дьиэ-кэргэҥҥитигэр дьолу, үөрүүнү-көтүүнү, куруутун бүгүҥҥүгүт курдук олоххо көхтөөх буоларгытыгар ба5арабыт! Күрэхтэһиини таһынан » Талаан тарбах » сүүйүүлээх оонньуу билиэтэ атыыланна. Билет өссө да баар, атыылаһарга ыҥырабыт🥳👍🏻👍🏻Сүүйүүлээх билиэт сыаната: 2️⃣0️⃣0️⃣ солк. Оонньуу , билет атыыланан бүттэҕинэ, онлайн оонньонуоҕа диэн биллэрэбит. Оонньууну ыытыахтара: «Айылгы» ск директора Л.Л.Бурцева уонна тех.үлэһит М.Е.Барабанская. Билет ыларга тиэтэйиҥ, а5ыйах хаалла. Бааттаах нүөмэргин тал, сүүйэн ыл диэн ыҥырабыт 👍🏻🙌🏻 А.П.Иванов аатынан «Айылгы » СК. Сэтинньи ый 2024сыл ✅Үлэ5э ыҥырабыт. Уус-Алдан улууһун Бэрт-Ууһун нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр хореограф идэлээх эбэтэр үҥкүү кэрэ абылаҥар ылларан үлэлиэн баҕалаах киһини үлэҕэ ыҥырабыт👍👍✅толору соцпакет ✅кулууптан чугас центр. отоплениелаах дьиэ биэрэбит ✅2019с үлэҕэ киирбит сынньалаҥ киинэ ✅географическай өттунэн табыгастаах (улууспут киинэ Бороҕонтон, Дьокуускайтан да чугас)🔆Билсэр тел. ватсап баар 89245634235, директор Бурцева Л. Л.Резюме ватсап или cdsurdah@mail.ru кэтэьэбит👌бу биллэриини, баьаалыста группаларга ыыталаан. → Отменить ответ Добавить комментарийОтменить ответ