https://bertusclub.ru/wp-admin/options-general.php?highlight=confirm_admin_email

https://bertusclub.ru/wp-admin/options-general.php?highlight=confirm_admin_email

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "БЕРТ-УСОВСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "АЙЫЛГЫ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "БЕРТ-УСОВСКИЙ НАСЛЕГ"

Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «Айылгы» сынньалан киинигэр Саха Республикатын культуратын туйгуна Александр Иванов аата иҥэрилиннэ! «ЫРЫА — МИН ДЬЫЛҔАМ » ахтыы киэһээтэ. 🪗🪗🪗Бүгүн, бала5ан ыйын 29 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр СӨ култууратын туйгуна, Бэрт-Ууһун нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, тамада, алгысчыт, тарбахха баттанар баянист АЛЕКСАНДР ПЕТРОВИЧ ИВАНОВ сырдык аатын үйэтитиигэ аналлаах дьоһун тэрээһин ыытылынна 🙌🏻🙌🏻🙌🏻Аан са5аланыытыттан, АЛЕКСАНДР ПЕТРОВИЧ оло5ун, талаанын , дьоҕурун кэрэһэлиир » АЙАР ТАЛААН » 🪗🕺🏻🎤🎭 диэн, бэйэтэ түһэрбит хаартыскаларынан үлэтинэн, киэҥ ис хоһоонноох быыстапка туран дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан-ылла. Ол кэннэ, АЛЕКСАНДР ПЕТРОВИЧ олоҕун кэрчиктэринэн «ЫРЫА -МИН ДЬЫЛҔАМ» ахтыы киэһээтэ 📖🖊️🪗🎤🎼🎹🔸 сүрдээх үчүгэйдик, чэпчэкитик, ис дууһаттан чугас дьонун, до5отторун, бииргэ үлэлээбит дьоннорун ахтыыларынан , о5олоро кыһаллан оҥорбут видеоларынан, хаартыскаларынан 4 чаас устата буолбута биллибэккэ, биир тыынынан ис сурэхтэн чэпчэкитик , сорох түгэҥҥэ харах уулаах, ол быыһыгар Сааскабыт күлүүлээх тугэннэрин ахтыыга күлэн-үөрэн ылыылаах, истиҥ ырыа аргыстаах ааста! 👍👍👍👏👏👏Кыттыыны ыллылар Бэрт-Ууһун нэһилиэгин баһылыга Ю.Н.Колодезников уонна Мөҥүрүөн нэһилиэгин баһылыга Ю.Н.Александров, Александр Петрович дьиэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара, доҕотторо үгүстүк алтыспыт, бииргэ үлэлээбит коллегалара, Уус-Алдан улууһун баянистара 🪗🪗🪗Николай Бурнашев — Чысхаан, Станислав Луковцев, Константин Иванов, Василий Петухов — Икки Баһылай, Будимир Крылов уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баянистара 🪗🪗🪗Иван Прибылых, Яков Стручков. Киэн туттар ырыаһыттарбыт 🎤🎼🎹 Семен, Дмитрий Ченяновтар, сиэнэ Саша Иванов, Николай Андросов, Константин Слепцов — Дапсы, Лилия Петухова, «Иэйии», «Дьүһүй» вок.ансамбыллар. Дьоһун киэһээни , саҥа үлэһит — хоровик Эрхан Слепцов салайааччылаах уонна Уус-Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас баянистара доҕуһуоллаах , Мэҥэ-Хаҥалас Майатыгар ыытыллыбыт Республиканскай хор коллективтарын көрүү конкурсугар Александр Петрович Иванов салайааччылаах баран кыттан, Лауреат үрдүк аатын ылбыт Бэрт-Ууһун ХОРун толоруутугар , Павел Акимов матыыбыгар » Дьикти киэһээ » ырыаны акапеллонан уонна Сергей Мулло «Сахам сирэ» ырыатынан са5алаатылар. Ахтыы дьоро киэһээтигэр Сыырдаахтаа5ы «АЙЫЛГЫ» сынньалан киинигэр Александр Петрович Иванов аата иҥэриллибитин туһунан баһылык Ю.Н.Колодезников иһитиннэрэн, туоһу докумуону директор Л.Л.Бурцева5а туттаран дьон-сэргэ үөрүүтүн, дьиҥ махталын ылла! Н.Н.Бурнашев-Чысхаан «Саха Республикатын баянистарын, аккордионистарын уонна гармонистарын сойууһун чилиэнин» удостоверениетын уонна түөскэ кэтиллэр бэлиэни Александр Петрович кэргэнигэр Маргарита Егоровна5а уонна Николай Николаевич Протопоповка туттарда. Александр Петрович дьиэ — кэргэнэ бэйэлэрин ахтыыларын түмүгэр , махтанан туран «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр музыкальнай скамейканы бэлэх ууннулар. Долгутуулаах ахтыы дьоро киэһээтин түмүгэр хаартыска5а түһүү, ыалдьытымсах саха ыалын сиэринэн Александр Петрович дьиэ-кэргэнэ, аймахтара ис дууһаларыттан бэлэмнээбит итии чэйдээх сандалыларын тула иһирэх кэпсэтии , ахтыы буолла.🤗🤗🤗 Александр Петрович сырдык мөссүөнэ, сырдык мичээрэ өрүүтүн биһиги сүрэхпитигэр умуллубат суолдьут сулус буолан сылдьыаҕа!

Добавить комментарий