🌺🌸🌹🌷🌺 Бэс ыйын 1 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр 17-с төгүлун алын сүһүөх кылаас кыргыттарыгар аналлаах _»МИНИ-МИСС 2023″_ 👑🤩 конкурс О5О КӨМҮСКЭЛИН КҮНҮГЭР анаан,көрөөччүлэри кытары олус сылаас, истиҥ-иһирэх сыһыанна ыытылынна. Кыттыыны ыллылар: Арыылаах основной оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ — Дарина Попова, Сыырдаах орто оскуолатын 1кылаас үөрэнээччилэрэ — Карина Окоемова, Василина Антонова,Ксюша Баишева, 4 кылаас үөрэнээччитэ — Ирияна Неустроева ситиьиилээхтик кытыннылар. Кыргыттар бары да5аны ча5ылхайдар! Керееччулэр, о5олорбут сыана5а тутта-хапта сылдьыыларын,ураҥ тылларын, уруһуйга уонна уус-уран самодеятельноска талааннарын, хай5ыы көрдүлэр. Конкурс кыттыылаахтара бука бары анал ааттары ыллылар, сыаналаах бириистэринэн на5араадаланнылар! 💐💐💐🎁🎁🎁👍🏻👍🏻👍🏻ТУМУККЭ: 🌸 *»Бастын модель»* анал ааты ылла Камира Окоемова!💐🎁👏🏻 🌸 *»Талба талаан»* — Василина Антонова!💐🎁👏🏻 🌸 *»Сир симэ5э»* анал аат — Ксюша Баишева!💐🎁👏🏻 🌸 *»Хомоҕой тыл»* анал аат -Дарина Попова!💐🎁👏🏻 🌸 *МИНИ -МИСС ‘ 2023* үрдүк ааты ылан, чыпчаал кыайыылаа5ынан буолла- ИРИЯНА НЕУСТРОЕВА! 💐💐💐🎁🎁🎁👏🏻👏🏻👏🏻Кыайыылаахха , мааны бэйэлээх, кыраьыабай коронаны 👑 кэтэттэ *МИНИ-МИСС’2021* конкурс кыайыылааҕа — АНЖЕЛА ПЕТРОВА!👍🏻👍🏻👍🏻👏🏻👏🏻👏🏻 Бука бары КЭРЭ ЭЙГЭ бырааһынньыгын бэлэхтээбит конкурс кыттыылаахтарыгар, убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэ састаабыгар : СӨ культуратын туйгуна — А.А.Портнягина5а, «Чуораанчык» уһуйаан музыкальнай салайааччытыгар -А.А.Бурцева5а, Олохтоох почта сэбиэдиссэйигэр, тарба5ар талааннаах В.А.Бурцева5а, кылаас салайааччыларыгар, кырачаан кырасаабыссалар — бытын тэрийэн — бэрийэн кытыннарбыт төрөппүттэрбитигэр, э5эрдэ ньүөмэрдэринэн киэргэтэн, кыттыыны ылбыт кырачааннарбытыгар «Чуораанчык» уһуйаан иитиллээччилэригэр, иитээччилэригэр уонна И.С.Портнягин аатынан оскуолабыт о5олоругар бар5а-баһаам махталбытын тиэрдэбит! Улэ5итигэр, үөрэххитигэр үрдүктэн — үрдүк ситиһиилэри! Дьоллоох оло5у, доруобуйаны ба5арабыт! Конкурсу сыаналаах бириистэринэн 🎁🎁🎁 уонна мааны коронанан 👑 бэлэх уунна «Айылгы» сынньалаҥ киин! Директор — Л. Л.Бурцева!👏🏻👏🏻👏🏻 Сценаны киэргэттилэр — А.Н.Тарская, А.А.Бурцев! Үҥкүүлэри бэлэмнээтэ — Л.М.Слепцова!Конкурсу салайан ыыттылар — Лилиана Заболоцкая,Сыырдаах орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас выпускницата уонна уус-уран салайааччы Анна Неустроева!👏🏻👏🏻👏🏻 Аныгыскы тэрээһиннэргэ көрсүөххэ диэри!🙌🏻 play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play, Поделиться ссылкой:FacebookXПонравилось это:Нравится Загрузка... Похожее Опубликовано в Uncategorized 1 июня 2023 Комментариев нет » ← Бүгүн,бэс ыйын 6 күнүгэр, Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «Көмүөл» кырдьа5астар түмсүүлэригэр аналлаах «Дорообо,сайын!» сайыны көрсүү үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. «Көмүөл» түмсүү салайааччыта М.М.Портнягин уонна «Айылгы» сынньалаҥ киин көҕүлээһининэн, а5ам саастаах ытык-мааны дьоммут үөрэ-көтө түмүстүлэр. Тэрээһин сахалыы сиэринэн аал уоту айах тутууттан са5аланна. Үөрүүлээх түгэҥҥэ, нэһилиэкпит а5а баһылыга Ю.Н.Колодезников бэйэтинэн кэлэн эҕэрдэлээтэ, сонуннарын кэпсээтэ, М.М.Портнягин э5эрдэ тылын эттэ. Сцена ветерана М.П.Оконешникова э5эрдэ ырыатын дьиэрэттэ. Бу күндү дьоммут, айылҕаҕа тахсыбыттарыттан үөрэн,итии чэйдээх,дэлэй астаах сандалы тула олорон дуоьуйа ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, астына кэпсэтэн, түмүккэ оһуохайдаан, күөх-сирэм айыл5а5а өйдөбүнньүк хаартыска5а түһэн, көхтөөхтүк атаардылар, дуоһуйа сынньанан тар5астылар. Убаастабыллаах, ытык — мааны дьоммутугар истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Доруобуйаны,уьун-дьоллоох оло5у ба5арабыт! Бүгүҥҥү күҥҥүт курдук, куруутун үөрэ-көтө сылдьыҥ! 🕊️🚩🎈🕊️🚩🎈🕊️🚩🎈 Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 7️⃣8️⃣ сылын бэлиэтээһин тэрээһинин чэрчитинэн киэһээ 7 чаастан «Айылгы» сынньалан киинигэр «УРУЙДАН УЛУУ КЫАЙЫЫ КҮНЭ! » фестиваль-конкурс кэнсиэрэ буолла. Нэһилиэкпит тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ түмсэннэр бары биир сомо5о буолан , олус үчүгэй нүөмэрдэри көрдөрөн, көрөөччүлэри бэйэлэрин талааннарынан сөхтөрдулэр!👍🏻👍🏻👍🏻👏🏻👏🏻👏🏻Конкурс ирдэбилинэн: I-кы түһүмэх, военно-патриотическай ырыа күрэ5э. II — с көр-күлүү жанрыгар сценка көрүүтэ. III- с үҥкүү түһүмэ5э IV- Ретро-мода V-с — «Видео э5эрдэ» курдук нүөмэрдэр көрүлүннүлэр.Жюри председателинэн «Айылгы» СК директора,СР культуратын туйгуна Л.Л.Бурцева, көмөлөһөөччүнэн — СР культуратын туйгуннара А.А.Портнягина, А.Н.Неустроева үлэлээтилэр. Көрүү фестиваль түмүгүнэн анал ааттар ананнылар,ол курдук: ✅»Бастыҥ бөлөх» ааты ыллылар олохтоох дьаьалта холбоһуктаах коллектива (Олохтоох дьаһалта , ИПлар, ветеринария,почта)ыллылар. ✅ «Бастыҥ конферансье» анал ааты ылла И.Г.Портнягин, олохтоох «Майа5атта» Ма5аьыын үлэһитэ. ✅ «Бастыҥ дьахтар оруола» — М.С.Портнягина «Чуораанчык» уһуйаан үлэһитэ. ✅ » Бастыҥ модель» анал ааты ылла А.Г.Иванова «Чуораанчык» уһуйаан үлэһитэ. ✅ » Бастыҥ эр киһи оруола» — В.Н.Андросов И.С.Портнягин аатынан орто оскуола учуутала. ✅ «Саҥа талаан» — В.В.Неустроева И.С.Портнягин аатынан орто оскуола учуутала ыланнар үөрүүлэрэ үрдээтэ.Уопсай түмүккэ: ✅ I миэстэни ылары ситистилэр уонна 10 000 т.солкуобайлаах сертификатынан на5араадаланнылар «Чуораанчык» о5о уһуйаанын коллектива. ✅ II миэстэни уонна 8 000 т.солкуобайлаах сертификатынан на5араадаланнылар И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын коллектива. ✅ III миэстэни ыллылар уонна 5 000 т. солкуобайдаах сертификатынан олохтоох дьаһалта холбоһуктаах коллектива на5араадаланнылар. Бириистэри олохтоох дьаһалта, баһылык Юрий Николаевич Колодезников уонна «Айылгы» СК олохтоотулар. Нэһилиэкпит тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ чахчы да талааннаахтарын, түмсүүлээхтэрин, киэҥ фантазиялаахтарын, нэһилиэк оло5ор көхтөөх буолуу холобурун көрдөрдөрдүлэр.👍🏻👍🏻👍🏻👏🏻👏🏻👏🏻 Кэнсиэрт кэнниттэн көхтөөхтук тахсан Кыайыы болуоссатыгар «СВЕЧА ПАМЯТИ» акция5а кыттыыны ыллылар. Ытыктабыллаах, нэһилиэкпит олохтоохторун өссө төгүл Кыайыы күнүнэн итиитик-истинник э5эрдэлээн туран, бука бары кыттыыны ылбыт тэрилтэлэрбит үлэһиттэригэр бар5а- баһаам махталбытын тиэрдэбит! Инникитин өрүү бүгүҥҥүгүт курдук олоххо көхтөөх позиция5ытын сутэрбэккэ, куруутун нэһилиэкпитигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттыыны ыла тураргытыгар эрэнэбит! Олоххутугар дьол- үөрүү эрэ аргыстастын,үлэ5итигэр үрдүктэн — үрдүк ситиһиилэри ба5арабыт! «Айылгы» СК коллектива. 🙌🏻🙌🏻🙌🏻 → Отменить ответ Добавить комментарийОтменить ответ