📝📝📝 Бугун муус устар 19 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 1️⃣0️⃣0️⃣ сылыгар аналлаах «САНДАЛ СААҺЫ УРУЙДААН» доруобуйаларынан хааччахтаах дьону сырдыкка-кэрэ5э тардыһыыларын үрдэтэр, түмсүүлээх буолалларын ситиһэр, чөл олоххо тардыһалларын күүһүрдэр сыаллаах улуустаа5ы күрэхтэһии ыытылынна. Тэрээһини үөрүүлээхтик аһыы «Айылгы» СК үрдүк сыанатыгар ыытылынна. Ол кэннэ курэхтэһии Г.Г.Черкашин аатынан спортзалга са5аланна. Манна сыал ытыыта, кыл мээчиги иһиккэ таба быра5ыы, футбол мээчигин тэбэн ворота5а киллэрии күрэхтэрэ буолла. Ол кэннэ кулууп дьиэтигэр эбиэттээн, сынньанан баран Сыырдаах Эбэ5э киирэн муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэхтэһии, балыктаабыт балыктарын күрэхтэһээччилэр 15 киилэ кэринэ балыгы, СВО-5а доброволеьынан барбыт Станислав Горохов дьиэ-кэргэнигэр, ийэлэрэ Иванна Горохова5а туттардылар, онтон сал5ыы эмиэ «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр тахсан интеллектуальнай күрэс ыытылынна. Дьэ,ол кэннэ күүтүүлээх түмүк таһаарыллан сырдык сыана5а на5араадалааьын үөрүүлээх чааһа са5аланна! Уопсайа 4 хамаанда: Тумул,Кэптэни,Сыырдаах, Мүрү нэһилиэктэрэ кыттыыны ыллылар. На5араадалааһын Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «Уктэл» инбэлииттэр түмсүүлэрин өр сылларга салайан үлэлэтэр, бу күрэхтэһиини тэрийэн ыыппыт Бэрт-Ууһун бочуоттаах олохтооҕо Зоя Дмитриевна Петрова ыытта. I — миэстэни ыллылар «Уктэл» түмсүү (Сыырдаах) II — миэстэни Тумул, III — миэстэни Мүрү нэһилиэгин хамаандата ылары ситистилэр. На5араадалааһын манан эрэ бүппэтэ, кыттыбыттарга бука барыларыгар анал ааттар инэрилиннилэр уонна бириистэр туттарылыннылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, кемелеспут дьон бука бары илии тутуурдаах, еттук харалаах буоллулар! Тэрээһин махтал тылларынан, уопсай хаартыска5а түьүүнэн түмүктэннэ! Өрүү инникигэ эрэллээх, кыайыыга-хотууга дьулуьуулаах Зоя Дмитриевна салайааччылаах «УКТЭЛ» түмсүү бүгүн биир улахан улуустаа5ы тэрээһини ыытан эмиэ биир ба5а санаалара туолан өссө да олоххо дьулуурдара, инникигэ эрэллэрэ күүһүрдэ — үрдээтэ! «Уктэл» түмсүүгэ инникитин өссө да үрдүк ситиьиилэри, чел доруобуйаны! Олоххо кеххутун ыьыктыбакка,куруутун бугуннугут курдук үөрэ-көтө сылдьаргытыгар ба5арабыт! «Уктэл» түмсүү аатыттан махталбытын тиэрдэбит олохтоох нэьилиэкпит дьаьалтатыгар,улуустаа5ы спорткомитетка, сал. Давыдов К.В., Бэрт-Ууһун бочуоттаах олохтоо5ор Неустроев И.Г., олохтоох библиотека сэбиэдиссэйигэр Шепелева М.Н., «Айылгы» сынньалаҥ киин коллективыгар. play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play, Поделиться ссылкой:FacebookXПонравилось это:Нравится Загрузка... Похожее Опубликовано в Uncategorized 19 апреля 2023 Комментариев нет » ← Бугун, муус устар 24 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр Олесова Варвара Васильевна салайааччылаах Сыырдаахтаа5ы «УТУМ» коллекционердар түмсүүлэрэ ыччат-о5о дьонно анаан «Умсул5ан» диэн олус интэриэһинэй тэрээһини «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр ыыттылар. Уопсайа 19 о5о кыттыыны ылла.Манна бааллар: Виолетта Бурцева (6кылаас) 900тэн тахса араас киндер оонньуурдара, Айсен Бурцев (1кылаас) 200тэн тахса араас кыыл-суел оонньуурдара,Анджела Слепцова,Толя Копырин муспут ахсаана биллибэт кэмпиэт суулара уо да араас элбэ5и о5олорбут аҕалбыттара сөхтөрдө! Нэьилиэкпитигэр биир умсул5аннаах дьарыгынан дьарыктанан,олох хаамыытынан история буолан хаалар аналлаах коллекциянан улуьуйэр о5олор үгүстэрэ сөхтөрдө! Тэрээһиҥҥэ араас оҕолорго босхо аттракцион оонньуулар, хабылык-хаамыска оонньуунан аралдьытыы буолла👍🏻👍🏻👍🏻👏🏻👏🏻👏🏻 Түмүккэ бука бары конкурс кыттыылаахтара туоһу суругунан, анал ааттарынан бирииһинэн на5араадаланнылар. Ол курдук :»Саамай кыра кыттааччы» анал ааты ылла — Анастасова Соня(«Чуораанчык» уьуйаан иитиллээччитэ), «Элбэх тимэх» — Терентьев Кирилл(7 кылаас), «Фантики» — Слепцова Анджела (6 кылаас), «Куклы Лол» Портнягина София (6 кылаас), «МИР аниме» Местникова Милена (5кылаас), «Эриэккэс магниттар» Бандеров Валера (2 кылаас), «Значок эйгэтэ» Ноговицына Даша (5кылаас) уонна кыайыылаахтарынан ааттаннылар: *3 үрдэл* -Иванова Анита (5кылаас), *2 үрдэл* — Бурцев Айсен (1 кылаас) , *1 үрдэл* — «ЧЫПЧААЛ КЫАЙЫЫЛААХ» аатын ылла Бурцева Виолетта(6 кылаас) ылары ситистилэр! Бу үөрүүлээх күҥҥэ, о5о да улахан да, дьон кэлэн быыстапка — куонкуруһу көрөн-истэн, сэргээн, сөҕөн-махтайан, дуоьуйууну ылан үөрэ-көтөн тарҕастылар!👍🏻👍🏻👍🏻👏🏻👏🏻👏🏻 *»УТУМ»* түмсүү олохтообут бириистэрин таһынан, бирииһинэн спонсордаабыт «Айылгы» СК коллективыгар, олохтоох урбаанньыктарбыт Попов Дмитрий Егоровичка, Стручков Валерий Дмитриевичка махталларын эттилэр. Нэһилиэкпит «Утум» коллекционердарын түмсүүтүн коллективыгар бүгүҥҥү үтүө тэрээһиҥҥит иһин «Айылгы» сынньалаҥ киин уонна төрөппүттэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит! 👍🏻👏🏻 Айымньылаах үлэ5ит өссө да үгүс дьону үөрдэ-көтүтэ турдун! Ситиһии сиэттистин! Аартыккыт арылыннын!🙌🏻🙌🏻🙌🏻 🎉🎊🎉🎊🎉 Муус устар 15 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ «Дорообо сандал саас» норуот уопсай күүлэйин тэрээһинигэр үөрэ-көте муһуннулар. → Отменить ответ Добавить комментарийОтменить ответ