✅✅✅Бүгүн муус устар 12 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр, биир дойдулаахпыт, *»ЭР САНАА уордьан» кавалера Максим Семенович Колодезников* сырдык аатын үйэтитэргэ, кэлэр кэнчээри ыччакка патриотическай өйү-санааны иитэр-иҥэрэр аналлаах *мемориальнай дуоска арыллыыта* бэрт көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Ыалдьыттары нэһилиэк Далбар Хотуттара боҕоруускай от сытынан арчылаан, арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.Мемориал арыллыытыгар кыттыыны ыллылар; Бэрт-Ууһун нэһилиэгин дьаһалтата, Максим бииргэ сулууспалаабыт ОМОН «БИЗОН» этэрээтин уолаттара, бииргэ үөрэммит доҕотторо, кэргэнэ Екатерина Колодезникова, төрөппүт а5ата Семен Николаевич Колодезников, НВК Саха үлэһиттэрэ, үүнэр көлүөнэ ыччаттарбыт, нэһилиэк олохтоохторо.Бииргэ сулууспалаабыт, үлэлээбит доҕотторо, чахчы истин доҕор-атас быһыытынан, Максиммыт туһунан истин тыллары этэн долгуттулар.Ол курдук ахтыы тылларын уонна үүнэр көлүөнэҕэ баҕа санааларын эттилэр:- Росгвардия этэрээтин солбуйар командира, полиция подполковнига Алексей Маевич Иванов.- Спецназ капитана, СР физическай культуратын туйгуна, Максим тренера Егор Дмитриевич Елисеев.- СР Росгвардия управлениетын спецнаһын начальнигын көмөлөһөөччүтэ, Максим үөлээннээҕэ Тимур Анатольевич Кутуков.- РФ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Бэрт-Ууһун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Васильевич Румянцев.- Бииргэ үөрэммит доҕотторо: Бэрт-Ууһун нэһилиэгин солбуйар баһылыга Василий Васильевич Петров, Наталья Стрекаловская.- И.С. Портнягин аатынан орто оскуола оҕолорун аатыттан харда тылы эттэ 11 кылаас үөрэнээччитэ Максим Садовников.Тэрээһин Максим Семенович аҕата, Семен Николаевич махтал тылын этиитинэн, мемориалга сибэкки дьөрбөтүн ууруутунан уонна уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.Бука бары кэлэн кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар, ыалдьыттарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бүгүҥҥү тэрээһин Ийэ дойдуларын таптыыр — ытыктыыр, көмүскүүр кэнчээри ыччаттарбыт үүнэн-сайдан тахсыыларыгар күүс-көмө буолуо диэн эрэнэбит! 🙌🏻*»Орден Мужества» кавалера Максим Семенович Колодезников* аата үйэлэргэ өйдөбүл буолан биһиги олохпут историятыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллан үйэлэр тухары хаалыахтын! 🙌🏻🙌🏻🙌🏻 play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play, Поделиться ссылкой:FacebookXПонравилось это:Нравится Загрузка... Похожее Опубликовано в Uncategorized 12 апреля 2023 Комментариев нет » ← 🌺🌸🌹🌷🌺 Муус устар 14 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр сылын аайы ыытыллар улуус онус кылааһын кыргыттарыгар аналлаах 🌹»СААСКЫЛААНА- 2023″ 🌹конкурс 26-с төгүлүн ыытылынна. Кыттыыны ыллылар: Бэйдинэ орто оскуолатыттан Снежана Алексеева уонна Алина Копырина, МСОШ — 2 Карина Лугинова, Сыырдаах орто оскуолатыттан Полина Павлова, Чаран оскуолатыттан Леонида Иванова , Майа5ас оскуолатыттан Амелия Протодьяконова ситиьиилээхтик кытыннылар. Кыргыттар бары да5аны ча5ылхайдар! Керееччулэр,саха кыыьын талба талаанын,номо5он дьуьунун, уран тылын кинилэргэ хай5ыы кердубут! Конкурс кыттыылаахтара бука бары анал ааттары ыллылар, сыаналаах бириистэринэн на5араадаланнылар! 💐💐💐👍🏻👍🏻👍🏻ТУМУККЭ саамай-саамайдар талылыннылар: ✅ «СААСКЫЛААНА ‘ 2023» үрдүк аатын ылары ситистэ Снежана Алексеева!(Бэйдинэ) ✅ «Тынааны Куо» — Алина Копырина (Бэйдинэ) ✅ «Кэскилээнэ» Карина Лугинова (мсош 2). Бука бары конкурс кыттыылаахтарыгар, салайааччыларга,тереппуттэргэ уонна тэрээьиннэ спонсордаан кемелеспут бука бары нэьилиэкпит тэрилтэлэригэр, салайааччыларыгар, чааьынай урбаанньыттарбытыгар бука барыларыгар бар5а баьаам махталбытын тиэрдэбит! Улэ5итигэр,уерэххити гэр удуктэн-үрдүк ситиьиилэри! Дьоллоох оло5у,доруобуйаны ба5арабыт! 11.04.23с.🥳🤠🤩🤠🥳🤠🤩» БЭЙЭМ БЭЙЭБЭР РЕЖИССЕРБУН » Республиканскай аһаҕас онлайн- конкурс тумугунэн :✅ ГРАН-ПРИ үрдүк аатын уонна 5️⃣0️⃣0️⃣0️⃣ солк бирииһи ыллылар *Чурапчы улууһун Хатылы* нэһилиэгин уолаттара! Сценка «Талаан норуокка»,Салайааччы- Ирина Слепцова, «Хатыламмат Хатылылар» көр күлүү бөлөҕө!👍🏻👏🏻✅ ЛАУРЕАТ l ст.- Уус-Алдан ,Тулуна нэһилиэгин көр-күлүү бөлөҕө «Приворот» сценка,салайааччыГаврил Шепелев!👍🏻👏🏻✅ЛАУРЕАТ llст.уонна «Кэскиллээх оонньооччулар » анал аат инэриллэр — Уус-Алдан Түүлээх нэһилиэгин оҕолоро,сценка «Экзаменна», салайааччы Михаил Охлопков!👍🏻👏🏻✅ЛАУРЕАТ lllст. — Уус-Алдан, Курбуһах нэһилиэгин көр-күлүү бөлөҕө «Кастинг» !Ону тэҥэ «Бастыҥ дьахтар оруола » анал ааты ылла- Раиса Протопопова! Салайааччы Лена Винокурова!👍🏻👏🏻✅Дипломан l ст — Горнай улууһун Бэрдьигэстээх бөһүөлэгиттэн Спартак, Ангелина Захаровтар «Ол гынан баран» сценка, ону тэҥэ Спартак Кимовичка «Бастыҥ эр киьи оруола» анал аат иҥэриллэр!👍🏻👏🏻✅ Дипломан ll ст — Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл бөһүөлэгиттэн «Аргыс» драм коллектив, сценка «Ма5аьыынна»,салайааччы — Евдокия Винокурова!👍🏻👏🏻 ✅ Дипломан lll ст- Таатта улууһаДьохсоҕон нэһилиэгэ»Дьохсоҕон бэтиэхэлэрэ» , «Арай биирдэ курятникка» клоунадаСалайааччы Антонина Никонова!👍🏻👏🏻✅ Дипломан аатын ылар — Уөһээ Булуу, Боотулу нэһилиэгин бөлөҕө, сценка-клоунада «Саамай-саамай».Салайааччы Надежда Евдокимова!👍🏻👏🏻 🤩🥳🤩🥳🤩🥳 Уопсайа 1️⃣2️⃣ сценка сыаналанна!👍🏻👏🏻 Бука бары, уус-уран самодеятельность саамай уустук көрүҥэр көр-күлүү жанрыгар кыттыыны ылбыт коллективтарбытыгар , Уус-Алдан улууһун, Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «АРТЫЫСТАР» көр-күлүү бөлөҕүн уонна салайааччы Анна Неустроева аатыттан барҕа баһаам махталбытын тиэрдэбит!👍🏻👏🏻 Кунду конкурспут кыттыылаахтара! Эһиэхэ баҕарабыт, куруутун бу курдук КЭРЭ ЭЙГЭТИН сырдык сыдьаайыгар уйдаран, үөрэ-көтө сылдьын! Эһиил 5 сыллаах үбүлүөйдээх конкурспутугар өссө көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит! Айар талаанныт аартыга арылла турдун! 🙌🏻🙌🏻🙌🏻 → Отменить ответ Добавить комментарийОтменить ответ