✅✅✅Бүгүн муус устар 12 күнүгэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр, биир дойдулаахпыт, *»ЭР САНАА уордьан» кавалера Максим Семенович Колодезников* сырдык аатын үйэтитэргэ, кэлэр кэнчээри ыччакка патриотическай өйү-санааны иитэр-иҥэрэр аналлаах *мемориальнай дуоска арыллыыта* бэрт көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Ыалдьыттары нэһилиэк Далбар Хотуттара боҕоруускай от сытынан арчылаан, арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.Мемориал арыллыытыгар кыттыыны ыллылар; Бэрт-Ууһун нэһилиэгин дьаһалтата, Максим бииргэ сулууспалаабыт ОМОН «БИЗОН» этэрээтин уолаттара, бииргэ үөрэммит доҕотторо, кэргэнэ Екатерина Колодезникова, төрөппүт а5ата Семен Николаевич Колодезников, НВК Саха үлэһиттэрэ, үүнэр көлүөнэ ыччаттарбыт, нэһилиэк олохтоохторо.Бииргэ сулууспалаабыт, үлэлээбит доҕотторо, чахчы истин доҕор-атас быһыытынан, Максиммыт туһунан истин тыллары этэн долгуттулар.Ол курдук ахтыы тылларын уонна үүнэр көлүөнэҕэ баҕа санааларын эттилэр:- Росгвардия этэрээтин солбуйар командира, полиция подполковнига Алексей Маевич Иванов.- Спецназ капитана, СР физическай культуратын туйгуна, Максим тренера Егор Дмитриевич Елисеев.- СР Росгвардия управлениетын спецнаһын начальнигын көмөлөһөөччүтэ, Максим үөлээннээҕэ Тимур Анатольевич Кутуков.- РФ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Бэрт-Ууһун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Васильевич Румянцев.- Бииргэ үөрэммит доҕотторо: Бэрт-Ууһун нэһилиэгин солбуйар баһылыга Василий Васильевич Петров, Наталья Стрекаловская.- И.С. Портнягин аатынан орто оскуола оҕолорун аатыттан харда тылы эттэ 11 кылаас үөрэнээччитэ Максим Садовников.Тэрээһин Максим Семенович аҕата, Семен Николаевич махтал тылын этиитинэн, мемориалга сибэкки дьөрбөтүн ууруутунан уонна уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.Бука бары кэлэн кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар, ыалдьыттарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бүгүҥҥү тэрээһин Ийэ дойдуларын таптыыр — ытыктыыр, көмүскүүр кэнчээри ыччаттарбыт үүнэн-сайдан тахсыыларыгар күүс-көмө буолуо диэн эрэнэбит! 🙌🏻*»Орден Мужества» кавалера Максим Семенович Колодезников* аата үйэлэргэ өйдөбүл буолан биһиги олохпут историятыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллан үйэлэр тухары хаалыахтын! 🙌🏻🙌🏻🙌🏻
play youtube, play youtube, Brazzer, xhamster, xvideos, hentai, porn, tiktok download, MP3 download, Download Mp3, , Panthers Georgia, sex mex, mp3play,