Бу дьыл олунньу 25 кунугэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр Саха автономиятын 100 сылын чэрчитинэн Саха сирин биир чулуу уола, биллиилээх политическай деятель, доруобуйа харыстабылын, уерэ5ирии, култуура народнай комиссара (билиннинэн министирэ) биһиги биир дойдулаахпыт Артур Алексеевич Бояров төрөппүт аҕата Алексей Федотович Бояров 125 сылын түмүктүүр тэрээһинигэр Бэрт-Ууһун нэһилиэгиттэн анал делегация баран ыалдьыттаан кэллэ. Ол курдук Бэрт-Ууһун нэһилиэгин аҕа баһылыгын солбуйааччы Василий Васильевич Петров, Алексей Федотович со5отох уола Артур Алексеевич оҕолоро, улахан сиэн — Алексей Артурович Бояров кэргэнинээн Вера Гаврильевналыын, кыыһа Марина Алексеевналыын, иккис сиэн- Александр Артурович Бояров кэргэнинээн Вера Васильевналыын, Елена Артуровна, Владимир Артурович Бояровтар, Артур Артурович уола (хос сиэн) Семен Артурович, Валентина Артуровна кыыһа (хос сиэн) Петрова Алиса Александровна, ийэлэрин Елена Михайловна Боярова еттуттэн Александр Петрович Иванов, «Айылгы» сынньалан кииниттэн, уус-уран салайааччы Анна Неустроева састааптаах баран, күндү ыалдьыт буолан астына сылдьан кэллибит.
Былырыын баччаҕа Игидэй нэһилиэгиттэн баһылык — Егор Алексеевич Марков салайааччылаах анал делегация кэлэн ыалдьыттаан, Алексей Федотович Бояров олорон ааспыт историятын тула сэһэргэһии, төгүрүк остуол, инникитин бииргэ улэлэһии былаанын онорсон барбыттара. Кинилэр кэлэн барыылара, Саха норуота ааттарын угустук ааттаан, куруутун инники күөннэ, тумус тутта сылдьар: Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов курдук улуу дьоммутун кытта бииргэ алтыһан, үлэлээбит, Саха сирин сайдыытыгар үгүс кылаатын киллэрсибит Алексей Федотович Бояров курдук чулуу киһилээхпитин дириҥник биллэрэн, кини олорон ааспыт историятын күүскэ кэпсээн, өйбүтүгэр санаабытыгар дириҥник хатаан барбыттара махталлаах суол.
Бу курдук Игидэй нэһилиэгэр сарсыарда эрдэттэн айаннаан 10 чааска, саха сиэрин быһыытынан аартыктары алаадьынан күндүлээн, Игидэй нэһилиэгэр үктэммиппит. Олохтоох администрация дьиэтигэр, эдэр, кэскиллээх а5а баһылык — Марков Егор Алексеевич, остуолугар итии чэйдээх керустэ. Ол кэннэ Алексей Федотович Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр тахсан директор — Жиркова Оксана Максимовна үлэһиттэрин кытта керуүстүлэр,тэрээһиннэ бэлэмнэнии буола турара харахха быраҕылынна. Ол кэннэ Алексей Федотович оҕо сылдьан, олорон ааспыт балаҕанын анаан илдьэн көрдөрдүлэр, бу бала5ан революция инниттэн бу сыл тухары билигин да чөл туруктаах турара сөхтөрдө. Балаҕан историятын Бояровтар Игидэйдээҕи аймахтара, А Ф. Бояров 100 сылыгар анаан тахсыбыт, бастакы брошюра кинигэ ааптара, СР культуратын туйгуна Федора Васильевна Заболоцкая истинник сэһэргээтэ, Алексей Федотович олорбут балаҕанын, ессе үчүгэйдик, сыбаҕын сыбаан, крышалаан чөлүгэр түһэрэр баҕа санаатын эттэ. Федора Васильевна5а балаҕаны көрө-харайа сылдьарыгар үрдүк махталбытын тиэртибит.
Бала5ан таьыгар мэҥэ таас туруоруллубут үөрүүлээх чааһыгар тыл этиитэ, хаартыскаҕа түһүү буолла.
«Оһуор тойуга» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ, Федора Васильевна сакааһынан, Мотрёна Николаевна Ефимова маастардаах, Игидэй уран тарбахтаахтара анаан өрбүт кыл сүруеүөлэрин, Таатта Бояровтарын ааттарыттан Алексей Федотович төрөөбүт-үөскээбит балаҕаныгар анаан, түмсүү салайааччыта Мария Ильинична Алексеева А.П.Варламова аатынан кыраайы уерэтэр түмэл (музей) салайааччытыгар Маркова Татьяна Эдуардовнаҕа туттарда.
Ол кэннэ салгыы олохтоох нэһилиэк музейын сэргии көрдүбүт. Музейга туос иһиттэртэн саҕалаан, араас нэһилиэктэрин историятын туоһулуур үгүс историческай материаллар бааллара сөхтөрдө.
Ол кэннэ Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтин иннигэр Бояровка аналлаах сквер уонна бюст арыллыыта буолла. Арыллыы аалай лиэнтэтин Таатта улууһун солбуйар баьылыга Алена Гаврильевна Гуляева, Игидэй нэьилиэгин баһьылыга Егор Алексеевич Марков уонна Алексей Федотович Бояров улахан сиэнэ Алексей Артурович Бояров үөрүүлээх быһыыга-майгыга. быстылар, бюһу үөрүүлээхтик арыйыыга иккис сиэн Александр Артурович Бояров кыттыыны ылла. Алексей Федотович Бояров бюьун иннигэр э5эрдэ тыл этиитэ, сибэкки дьөрбөтүн ууруутун сиэрэ-туома ыытылынна.
Эбиэт кэмигэр Игидэйдээҕи Э.К.Пекарскай аатынан орто оскуолаҕа илдьэн буор босхо, тото-хана аһаттылар, оскуола иһигэр экскурция онордулар. Оскуоланы директор, Бэрт-Ууһуттан төрүттээх Иннокентий Гаврильевич Дягилев уола Иннокентий Иннокентьевич Дягилев кабинеттары кэритэ сылдьан көрдөрдө, кэпсээтэ. Оскуола «Точка роста» программанан ситиһиилээхтик улэлии-хамныы олороро көһүннэ. Ол курдук, технология, домоводство кылаастара анал оборудованиеларынан толору хааччыллыылаахтар, анал программалаах иистэнэр массыына арааьа, ас астыыр оборудованиелар, информатика кылааһыгар үгүс элбэх компьютердар, улахан компьютернай, сенсорнай экран. Робототехниканан утумнаахтык дьарыктанан оҕолор Японияҕа, Кореяҕа тиийэ хас да төгүллээн баран кыттан, миэстэлэһэн элбэх ситиһиилэммиттэрин информатика учуутала Владимир Владимирович Лопатин астына, киэн тутта кэпсээтэ. Труд кабинета эмиэ уһанар араас аналлаах оборудованиеларынан толору хааччыллыылаах буолан оҕолор арааһы барытын уһанан,онорон таһаараллар эбит. Оскуолаларын иһигэр хотуобайтан итэҕэһэ суох көстүүлээх, аныгылыы стиллээх, араас өҥнөөх трансформер олорор олбохтору (пуфиктары) онорон киэргэппиттэр. Оргстеклонан араас наҕараадаҕа туттуллар, тупсаҕай көстүүлээх поставкалары, кубоктары бэйэлэрэ онорон таһаараллар эбит. Маннык аныгылыы хайысхалаах, киэн сырдык оскуолаҕа биир дойдулаахпыт Варвара Федоровна Бурмистрова алын сүьүөх кылаас учууталынан таһаарыылаахтык улэлии-хамсыы сылдьарын көрөн-истэн үөрүүбүт үксээтэ, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Варябытыгар инникитин ситиһиилээх үлэни ба5аран, алҕаатыбыт.
Оскуолаҕа эскурция кэнниттэн норуот айымньытын дьиэтигэр Алексей Федотович Бояров 125 сылын тумуктуургэ аналлаах уеруулээх чаас саҕаланна.
Бастатан, Алексей Федотович Бояров олоҕун историятын туһунан дьоһун кинигэ, күн сирин көрбүт биһирэмэ буолла. Кинигэ ааптара — саха тылын учуутала идэлээх, оскуола библиотекатын улэһитэ Гизелла Софроновна Попова дьонно тиийимтиэ гына, истинник, лоп-бааччы сахалыы уран тылынан кэпсээтэ. Архыыб хаһыытын тумугунэн Алексей Федотович Бояров Владимир Ильич Ленини тиһэх суолугар атаарыыга сылдьыбыт со5отох, документальнай кадрын кинохроникаттан булбуттарын көрдөрдүлэр. Гизелла Софроновна кинигэ ис хоһоонун, историятын кэпсээһинэ барыбытын дириҥник долгутта! Кинигэ ааптарыгар махтанан Алексей Федотович Бояров сыдьааннара махтал тылын эттилэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.
Салгыы, үөрүүлээх түгэн иккис чааһа тута саҕаланна. Сыл устата бастыннык улэлээбит дьонноругар махтанан туран, Таатта улууьун баьылыгын солбуйааччыта Алена Гаврильевна Гуляева,улуустаа5ы норуот айымньытын дьиэтин директора Гаврил Гаврильевич Вырдылин уонна нэьилиэк баьылыга Марков Егор Васильевич үгүс элбэх на5араадалары туттарылылар.Кинигэ таьаарыы сыралаах улэтин тумугунэн Г. С. Попова5а Ил Тумэн махтал суруга уонна «СР уерэхтээьинин туйгуна» бэлиэ туттарылынна.
Түмүккэ, Бэрт-Ууьун делегацията эҕэрдэ, харда тыл этэн, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттаран махтанныбыт. Нэһилиэк баһылыгар Егор Алексеевичка, Бэрт-Ууһун нэһилиэгэ тимир уустара түөлбэлээн олорор сирдэрэ буоларын ахтан туран, Уус-Алдан улууһугар норуот маастара, СР уус-уран оҥоһуктарга норуот маастара Илларион Егорович Попов оҥорбут, сертификаттаах, анал хаалаах, кыыныгар ойуулаах саха быһаҕын Василий Васильевич Петров махтал тылларын этэн туттарда.
Таатта улууһун Игидэй нэьилиэгин дьаһалтатыгар, олохтоохторугар махтанан туран, Алексей Федотович Бояров сыдьааннара, со5отох уолун Артур Алексеевич оҕолоро, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ эһээлэрин улахан портретын онорторон а5алан А.Ф. Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр анаан бэлэх ууннулар. Бэрт-Ууһун нэһилиэгин делегациятын аатыттан Бояровтар кийииттэрэ, санастара, СР культуратын туйгуна В.Г.Шадрина уонна СР культуратын туйгуна А.П.Иванов үөруулээх түгэн эҕэрдэ кэнсиэрин кыттыылаахтарынан буолан олохтоохтору үөртүлэр.
Эҕэрдэ кэнсиэрт кэннэ, сахалыы астаах төгүрүк остуол тула салгыы улэ хайдах ыытыллыахтааҕын, Алексей Федотович Бояров олоҕун историятын өссө утумнаахтык хасыһан, үөрэтэн, бүгүҥҥүнэн эрэ түмүктэммэккэ салгыы үлэ барыахтааҕын туһунан кэпсэтии таҕыста. Инникитин Игидэй нэһилиэгин кытта ессе да ыкса сибээһи олохтуурга бигэ эрэллээх кэллибит.
Түмүктээн эттэххэ, Саха норуотун биир улуу киһитэ, доруобуйа харыстабылын, уерэ5ирии, култуура нороднай комиссара, Уус-Алдан улууһун аатырбыт олоҥхоһута Дмитрий Михайлович Говоров — Олонҥхоһут Миитэрэй «Мүлдьү Бө5ө» олоҥхотун сурукка киллэрэн, нууччалыы тылбаастаан хаалларбыт, саха норуотун фольклора, култуурата сайдыытыгар кылаатын киллэрбит, сүҥкэн улахан өҥөлөөх киһибит Алексей Федотович Бояров, аата-суола бу сыллар тухары улаханнык ааттаммакка сылдьан баран, билигин дьэ кэмэ кэлэн буоллаҕа буолуо, аата иккистээн теөрөөбүттүү күөрэйэн, чаҕылхай сулустуу сыдьаайан тахсан, Саха норуотугар оҥорбут өҥөлөрүн иһин, куруутун дуорааннаахтык ааттана туруо диэн эрэнэбит!
Суруйда Уус-Алдан улууһун Бэрт-Ууьун нэьилиэгин «Айылгы» СК уус-уран салайааччыта А.Н.Неустроева.
2022сыл.